Седьмой выпуск Тойбохойской средней школы
1960-1961 уч. год
Классные руководители

Соколов Владимир Иванович Лидочен Нина Васильевна



 Афанасьев Михаил Лукич Томский политехнический институт.
Боротова Матрена Ивановна воспитатель д/с, пенсионерка, г. Мирный
Васильев Яков Афанасьевич
Васильева Александра Андреевна ВПТ, воспитатель д\д , отличник народного просве-
щения РСФСР.
Васильева Екатерина Кирилловна раб. бухгалтером в Сунтарском агропроме.
Данилова Надежда Петровна Магаданский пед институт, ветеран труда,
работает в Тойбохойском муз. комплексе.
Егорова Мария Григорьевна работала бухг. Крестяхского совхоза.
Захаров Валериан Иванович ЯГУ, геодезист, преподаватель ЯГУ, г. Якутск.
Иванов Василий Иннокентьевич
Иванова Анна Григорьевна ЯГУ, зоотехник.
Игнатьева Раиса Григорьевна. раб. воспитателем д\с, агентом госстраха,Жархан
Кондратьева Евдокия Васильевна киномеханик, Тойбохой, пенсионерка
Кононов Александр Дмитриевич Благовещенский с\х институт. Ученый агроном,
г. Якутск
Матросова Ксения Арьяновна ВПУ, учительница нач\кл ССОШ №2, ветеран
труда, отличник народного образования РСФСР
Осипов Николай Петрович Якутский сельхозтехникум.
Павлов Петр Дмитриевич Омский политехнический институт, пенсионер,
с. Бордоц.
Петров Алексей Егорович киномеханик, Тойбохойский музейный комплекс
Петрова Вера Никифоровна Благовещенский ПИ, географ. Учительница Намской
средней школы, работник социальной защиты
Попова Зинаида Игнатьевна ВПУ, работала учительницей нач\кл.,
сельский корресп., пенсионер, с. Жархан.
Потапов Виктор Петрович ЯГУ, работал учителем истории
Саввинова Мария Даниловна.
Тихонов Николай Григорьевич СПТУ, работал шофером Ж\о, пенсионер, с. Жархан
Федоров Мир Яковлевич Томский политехнический институт, геолог,
Г.Мирный
Федотова Татьяна Даниловна Новосибирский с\х институт. Работает в Якутском
с\х институте
Филиппова Мария Никифоровна ВПУ, работала учительницей Кутанинской
средней школы.
Яковлева Лидия Дмитриевна делопроизводитель, пенсионерка, с.Крестях.


Уерэммит оскуолабар.

Элэннээн, охсуллан аастылар
Харахпар бу баар курдук
Оскуола5а уерэммит сылларым
Дьоллоох о5о саас кэмнэрэ.

Учугэй да этэ ол сахха
Кэрэ5э, билиигэ тардыhан
Аан бастаан букубаары уерэтэн
Аа5ар, суруйар буолбуппут.

Ол кэмтэн ылата, до5оттоор
Утумэн да сыллар аастылар
Биhиги да5аны сааhыран
Баттахпыт туртайа манхайда.

Санаабар иhиллэр курдук
Оскуолам чугдаарар чуораана
Уерэххэ, билиигэ ыныран
Инники кэскили уруйдаан.

Ханна да5аны сырыттарбыт
Урдуктук тутуо5ун биhиги
Уерэммит оскуолабыт чиэhин
Тапталлаах тереебут Тойбохойу

А. Кононов.

 

1959 с, 8 кл.  Кл\рук. Соколов Владимир Иванович

Субуотунньукка

 


Воспоминания выпускницы Тойбохойской средней школы 1961 года Винокуровой (Петровой) Веры Никифоровны
Я родилась в 1941 году в Сунтарском районе с. Аллаге в семье колхозника Петрова Никифора Гаврильевича. Семья была большая. Детей 12 человек. Все окончили Тойбохойскую Среднюю школу. В дальнейшем все мы получили среднее и высшее образование и работали в разных улусах Якутии (Саха).
Своей школой я горжусь. Остались самые лучшие воспоминания о школе. Хочется вспомнить своих добрых, умных учителей: Агафья Кирилловна учительница русского языка и литературы, Дегтярев – учитель химии, Афанасий Кириллович Иванов – учитель якутского языка и литературы и т.д.
Я, со своей стороны, выражаю им огромную благодарность за то, что они дали нам знание и правильную путевку в жизнь.
После окончания школы по призыву партии (по путевке) проработала 3 года на производстве.
В 1969 году закончила Благовещенский пединститут.
Живу и работаю в Намском улусе.
С 1969 по 1981 годы работала учительницей в школах Намского улуса.
С 1981 по 1991 годы работала в библиотеке райкома КПСС.
С 1991 года по настоящее время работаю в сфере социальной защиты.
Воспитала 3-х детей и имею 5 внуков.
Всем желаю счастья и здоровья.
Винокурова Вера Никифоровна,
С. Хамагатта Намского улуса, 12.02.2008 г.

1959-60с Х-кл Тойбохой оскуолатын бутэрбит
Васильева Александра Андреевна ахтыыта.

Ол сылларга Куокунуга 7кылаастаах этэ. 5-6-7 кл. уэрэнэн баран Тойбохойго эдьии­йим


Омукова Мария Иевлевна олороро ол иhин 8 кл уэрэнэ киирбитим. Биир чиэппэр уэрэнэн эрдэхпинэ ийэм ыалдьан дьиэбин кере Куокунуга теннубутум. Эhиилигэр хос уэрэнэ киирбитим. Оскуола директо­рынан Васильев Степан Егорович улэлии­рэ. Кэргэнэ Зоя Николаевна нуучча тылыгар уэрэтэрэ. Олус учугэйдик уерэтэр, билиилээх учуутал этэ. Васильев Виталий Афанасье­виhы нуучча тылын учугэйдик билэр сочинение5а биэс сыананы эрэ туруорабын, атыттар ким да "5" сыананы ылар кыа5а суох диирэ. Эhиилигэр нуучча тылыгар Седых Галина диэн сана учуутал улэлии кэлбитэ. Зоя Николаевна5а тиэрдибэккэ Васильев 9кл. уэрэнэ сылдьан уhуллан хаалбыта. Директорынан Ипатий Се­менович этэ. Оскуолабыт икки этээстээх, олус учугэй балконнаах этэ. Учительскайтан балконна тахсыллар этэ. Учууталлар саас он­но тахсан тураллара.
Ол са5ана УЧКОМ учугэйдик улэлиирэ. Староста Афанасьев Михаил Лукич, УЧКОМ чилиэнэ Павлов Петр Дмитриевич эти­лэр.
Оскуолабыт алта кирпииччэ оьохтоох этэ. Оччолорго киэhээ аайы кулуупка киинэ буолара .Биирдэ ohox оттооччубут oho5ун оттон баран киинэ5э тахсан хаалбытын кэннэ оскуолабыт умайан хаалбыта. Физика, химия онтон да атын кабинеттарга нагляднай пособие бе5е баара. Химия, физика кабинеттартан эстии бе5е буолбута. Тургэн ба5айытык улахан оьохтор эрэ туран хаалбыттара. Ар5аа оскуола дьиэтигэр интернат этэ. Мин онно олорбутум. Ахсыс кылааска уэрэнэ сырытгахпына Васильев Дмитрий Константинович интернат сэбиэдиссэйинэн улэлиирэ, Дмитрий Константинович о5олору улэлэтэрин Себулуурэ. Бэрэбинэ тahap этибит. Иитээччиннэн Жирков Трофим Николаевич улэлээбитэ. Интернатка олорон киэhээ аайы мээчиктээн, лапталаан, былаах былдьаhан ооньуур этибит. Уруокпутун бэйэбит аа5ар этибит. Иитээччи энин, учуутал энин манаан уэрэппэт этэ. Бэйэбит самостоятельно уруок аа5ар этибит. Оскуола умайан хаалбытын кэннэ интернат дьиэтин оскуола гыммыттара. Kыpгыттap балыыhа дьиэтигэр олорбуппут, уолатrар урукку ясли дьиэтэ баар этэ, онно олорбуттара. Аhыыр сирбит детдом остолобуойугар аhаппыттара. Оччолорго детдом директорынан Николаев Егор



Михайлович улэлиир этэ. Ahapa ирдэбиллээх, кытаанах директор эбит этэ. О5олор, улэhиттэр кере-кере кутrаналлара. Повардар минньигэс ба5айытык астыыллара. Амонова Ксения, Егорова Матрена ас астыылларын ейдуубун. Егор Михайлович саха тылыгар уерэтэ сылдьыбыта, кэргэнэ Лидочен Нина Васильевна классоводтуу сылдьыбыта. Араас еруттээх улэ ыытара. Уерэнэ сылдьан оскуолабыт саhаанын саас о5олор саhаанныыр этибит. Кылаас аайы елуулээн бачча саhааны охсо5ут дииллэрэ. Арыт кумаар туспутун кэннэ саhаанныыр этибит. Саас уерэх кэннэ юннатскай станция5а практикаланар этибит. Оскуола умайбытын кэннэ опытнай участогы садка кеhербуппут. Мас бе5ену туерэ-туерэ садка наhыылканан тahaн олордорбут. Садка тобукпутугар диэри ууну кэhэ сылдьан сад ханаабатын хаспыппыт, мас, талах, со5уруу дойду уунээйилэрин ууннэрэр буор бе5е xahap этибит. Ону барытын Георгий Евдокимович бэйэтэ салайара. Ал5аска ботинканан кэлэн хаалан мэ5уллэр этибит. Тыыннаах муннукка детдом о5олоро улэлииллэрэ. Уеhээ кылаас о5олоро саhаан охсон оскуолабытып саhаанынан хааччыйарбыт.

2008 сыл. 19/ХI Александра Васильева

А х т ы ы с у р у к .


Васильев Яков Афанасьевич- -1934 с,
Аллана нэьилиэгэр төрөөбутэ. Сэрии тыылын ветерана, сэрии тулаайа5а, Педагогическай улэ ветерана, спорт ветерана, РСФСР норуотун уерэ5ин «Туйгуна» СР Физическэй культура5а Заслуженнай улэьитэ. ССРС спордун бокса5а маастарга кандидата. Тойбохой орто оскуолатын 47 сылын улэлии сылдьар физкультура учуутала.

Мин 1943 сыллаахха Тойбохойдоо5у о5о дьиэтигэр 9-с саастаахпар ыам ыйын 4 кунугэр киирбитим. Миигин балтараа сааспар тулаайах хаалбыт о5ону аба5ам о5онньор Васильев Кирилэ 9 сааспар дылы иитэн киьи буоллун, уөрэннин диэн детдомца ииттэрэ биэрэр.
Итинтэн ыла государство киhитэ этим. Сэрии немецтэри кытары угэннээн турар бириэмэтэ. Улахан кураан сут дьыл этэ. Оччотоо5уга дэриэбинэ5э хоргуйуу, өлуу элбэх этэ. Бастакы көлуөнэ О5о дьиэтин иитээччилэрэ дьоллоох о5о саастара А5а дойду улуу сэриитигэр уонна сэрии кэннинээ5и ыарахан сылларга тубэспиттэрэ. Бу улахан улахан дьону кытта тэццэ кыайыыны уhансан тэбис-тэццэ «барыны-бары фроцца! Кыайыы туhугар!» диэн девистээх уөрэммиттэрэ уонна улэлээбиттэрэ, аччыктыыр, хоргуйар, тоцор алдьархайын эттэринэн-хааннарынан билбиттэрэ. Ыарахан олох содула сорохоторун о5о саастарыгар олохтон курэппитэ. Иитиллээччилэр Кыhыл Армия байыастарыгар сэмэй бэлэхтэрин ыыталлара, бэйэлэрин харыстаммакка улэлээбиттэрэ. Холхуоска улэлиир эр дьон ахсаана а5ыйаан, ыарахан улэ5э о5олор кыргыттар, кырдьа5астар санныларыгар суктэриллибитэ. Сорох иитиллээччилэр уөрэхтэрин кыайан сал5аабатахтара. Тулаайах буоланнар, уөрэнэллэригэр өйдөтуьуу да, уп-харчы да суо5а. Ол да буоллар, бастакы көлуөнэ иитиллээччилэр дьулуурдаахтык уөрэнэн, улэлээн иитиллибит иэримэ дьиэлэрин, көрбут-харайбыт улэьиттэрин ааттарын-суолларын туьэн биэрбэтэхтэрэ.
1943-44 уөрэх сылыгар мацнайгы кылааска оскуола5а уөрэнэ киирдим. Икки этээстээх оскуоланы олус диэн сө5ө-махтайа көрөрµм, улахан туннуктээ5ин, кылаастар киэцнэрин, уөьэ этээскэ уонна аллара этээскэ элбэх-элбэх оьохтоо5ун. Мацнайгы кылааска уөрэппит учууталым Саввинова Татьяна Яковлевна этэ. Кылааска барыта 16 о5о уөрэнэрэ. Биир паарта5а Степанов диэн детдом о5отунуун олорор этим. Мин 9 саастаах о5о диэтэххэ уцуохпунан кыра хатыцыр этим. Yөрэх дьыла бутээтин кытта саас аайы улахан о5олору саьаан кэрдиитигэр «Эьэ5э» ойууругар таьаарар этилэр. Итини таьынан о5уруот аьын ууннэриитигэр уонна колхуоска от отттоьунугар, ньирэй көруутугэр, хортуоска5а улэлиирбит. Ити курдук сайыццы каникулу улэлээн-хамсаан сайын усталаах-туоратын билбэккэ хааларбыт. Куьуөру сир аьын кургуөмунэн хомуйуу буолар.
1944 – 45 уөрэх сылыгар оскуола5а 2-с кылааска уөрэнэ киирэбин. Оччо5о учууталым Ефремова Анисия Гаврильевна этэ. Анисия Гаврильевна оччотоо5уга «Быыра Маарыттан» хааман улэлиирэ. Эдэркээн ба5айы кыыс о5о этэ. Татьяна Яковлевна мацнайгы кылааска уөрэппит учууталым детдомца иитээччи воспитатель буолбута. Оччотоо5у учууталлар детодом иитээччилэрэ олус да о5о5о учугэй сыьыаннаах, мэлдьи уөрэтэ-такайа, субэлии-амалыы сылдьаллара.
Оскуола директора Герасимов Моисей Иванович уьун дьылыгыр көнө уцуохтаах, бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх киьи оскуола көрудуөрун устун хааман истэ5инэ мэниктии сылдьан кинини көрөөт оьох кэннигэр көрбөтµн диэн саьан хааларбыт. Данилов Иван Кононович оскуола завуьа улахан көнө уцуохтаах, сөбугэр модьу-та5а көруцнээх, хара ачыкылаах этэ. Ачыкы нөцуө көрдө5унэ, хара5ын уота улаатан көьуннэ5инэ киьи барыта куттанар этилэр, куустээх көруцнээ5э.
1951 сыллаахха начальнай оскуоланы бутэрэбин. Учууталым Максимова Александра Кирилловна этэ.
1952 сыллаахха 5 кылааска уөрэнэ киирбитим. Биьигини элбэх учуутал уөрэтэр этэ. Кылааспыт салайааччыта Герасимова Варвара Ивановна. Кини саха тылын учуутала. Нуучча тылыгар Егоров Прокопий Иванович, география учууталынан Васильев Афанасий Федорович, физика5а, геометрия5а Романов Гаврил Иванович, математика5а Шамсудинова, саха тылыгар Спиридонов Иван Григорьевич, биология5а Бессонов Георгий Евдокимович уөрэппиттэрэ. Олус учугэй учууталларга уөрэммит эбиппин. Итинник уөрэнэн 1954 сыллаахха Тойбохой сэттэ кылаастаах оскуолатын уөрэнэн бµтэрэбин. 1953 сыллаахха Тойбохой оскуолатыгар 8-с кылаас аьыллыбыта. Оскуола директорынан Иванов Ипатий Семенович улэлээбитэ. 7 кылаастаах оскуоланы бутэрэр сылбар 1954-55 уерэх сылыгар 8-с кылааска салгыы уерэниэхпин ба5арар этим. Онтум мин сааьым 20 этэ.
Онтон 1954 сылтан 1959 сылга дылы Тойбохойтон тэйэн сылдьан оскуоланы бутэрбэккэ бэрт элбэх мэьэйдэри, эрэйи көрбутум.1961 сыллаахха маай ыйга Тойбохойго кэлэн оскуола директорыгар Иванов Ипатий Семенович уонна завуч Данилов Василий Павловичка киирэн атах тэпсэн олорон кэпсэтиигэ мин уөрэниэхпин ба5арабын, онон эьигиттэн көрдөьөбун 10 кылааьы бутэрэрбэр көмөлөьун уөрэ5э суох куьа5ан буолсу диэн туруорустум.Ол са5ана 10-с кылааска уерэнэр о5олор Данилова Н.П., Петров А.Е., Кондратьева Дуня., Васильева А. уо.д.а.Ол курдук 10-с кылаастары кытта экзамен туттаран аттестат ылан улахан уөруу-көтуу этэ.
Кэлин уөрэхтээх киьи буолан баран учуутал оруолун толоро сылдьан мэлдьи өйдуу-саныы сылдьа5ын,кинилэр уйэлээх көмөлөрун. Иванов Ипатий Семенович уонна Данилов Василий Павлович көмөлөрунэн мин Омскайдаа5ы физкультурнай институту 1967 сыллаахха бутэрэн кун бугунугэр дылы улэлии сылдьабын.
Ол курдук уөрэммит оскуолабар суьуөхтээх бэйэм сугуруйэн туран махталым улахан.
Ахтыыны суруйда Я.А.Васильев
Тойбохой сэл. Олунньу ый 18 кунэ 2008 сыл.
 

Ахтыы

Киьиэхэ оонньоон-керулээн, олох киэц аартыгар киирэргэ бэлэмнэнэн оскуола5а уерэнэр кэмнэрэ олус да кэрэ, ахтыл5аннаах, ейтен суппэт, сурэхтэн суураллыбат кэмнэр эбит. Биьиги о5о сааспыт суостаах сэрии сылларыгар, быста5ас ас-тацас, элбэх улэ уеьугэр ааспыта. Ол да буоллар
оччотоо5у дьон, учууталлар санаалара куустээх, бэйэлэрэ кехтеех, туохха барытыгар эппиэтинэстээх этилэр. Пионер, комсомол чилиэннэрэ буоларга эрдэттэн ей-санаа еттунэн
бэлэмнээн баран киллэрэллэрэ, социализм, коммунистическай партия идеялара хаьан да суппэттик сурэххэ-быарга, ейге-санаа5а кытаанахтык ицэр курдук уерэтэллэрэ. Биьиги орто звено5а уерэнэ сырыттахпытына со5урууттан нуучча, ол иьигэр Украинаттан, эдэр учууталлар кэлбиттэрэ. Кинилэри кытта сэргэ саха урдук уерэхтээх эр дьон кэлбиттэрэ. Нууччалыы кэпсэтэ уерэммэтэх о5олорго бу сонун этэ. Кэлин син ейдеьен кэпсэтэр буолбуппут. Бу эдэр учууталлар олохпутугар саца суурээннэри киллэрбиттэрэ. Уруоктарын таьынан биьигини хайдах тута-хапта, тацна сылдьарга уьуйаллара, уцкуугэ, ырыа5а уерэтэллэрэ. Биьиги кинилэртэн элбэ5и билбиппит, уерэммиппит. Ону таьынан бу дьон беьуелэк общественнай оло5ор кытталлара. Аны санаатахха дэгиттэр сатабыллаах дьон эбит этэ. Уерэхтээ5имсийэн, улуутуйан бугэн хаалбакка, бэл диэтэр, самодеятельноска кытталлара. Араас тэрилтэ улэьиттэрин, оччотоо5у эдэр, эмэн дьону кытта 100-туу киьилээх хору тэрийэн, концертаан оройуоцца бастакы миэстэни ылаллара.
Учууталлар биьигини, уерэнээччилэри, борбуйбутун уйдубут да улэ5э кытыаран бараллара. Мин биир бэйэм уьус кылааьы бутэрэн баран Бессонов Г.Е-ка юннаттаабыппын ейдуубун. 7 кылаастан ыла сайын аайы колхозка от улэтигэр, ферма5а улэлиирбит. Кыьынын оскуола тыыннаах муннугар кыыллары керербут. Музейга хаьыаты хас да хос тутан хордуоцка сыьыаран таьаарарбыт, папье-машеннан биллиилээх дьоннор бюстарын оцорорбут.
Бастакы этээстээх оскуола иккис этээьигэр естуекулэ иьигэр кыьыл знамя угуллан турара. Ону оскуолабыт уерэххэ, улэ5э бастаабытын иьин ылбыта.
Биьиги кылаас онуска уерэнэ сырыттахпытына куьуеру-кыьын бу оскуола дьон дьала5айыттан умайан хаалбыта. Ити 1960 сыллаахха этэ. 1961 сыл сайын оскуоланы бутэрбиппит кэннэ, комсомол путевкатынан
барыбытын колхозка улэлэтэ хаалларбыттара. Онтон ким салгыы уерэммитэ, ким суох. Бары араас идэлээх, улэлээх дьон уруе-тараа тар5аьан, олох улускэнигэр, улэ уеьугэр сырыттыбыт. Уерэммит оскуолабыт, учууталларбыт аатын сиргэ-буорга биспэтибит, туьэн биэрбэтибит.
Учуутал, улэ ветерана
Данилова Н.П.

1.02.2008с.
Тойбохой б.
 

Ахтыы

Биьиги уерэнэрбит са5ана кытыы нэьилиэктэргэ орто оскуолалар суох этилэр. Ол иьин Куокуну, Дьаархан оскуолаларыгар 7-с кылааьы бутэрбит о5олор кэлэн 8-с кылаастан уерэнэн барар этилэр. Васильев Яков Афанасьевич саас экзамецца экстерна туттарсан урдук уөрэххэ киирбитэ.
8-9 кылааска Нина Васильевна Лидочен нуучча тылыгар уонна кылаас салайааччытынан улэлээбитэ, олус себулээбиппит. Онтон декретка барбыта. Варвара Романовна Николаева солбуйбута. Старостанан Алексей Егорович Петров улэлээбитэ.
Бутэр сылбытыгар Мирнэй саца тэриллэн эрэр этэ. Кылааьынан барабыт диэн кербуппутун, оройуон салалтатыгар тиийэ олох бобон кэбиспиттэрэ. Онон сылтаан быьылаа5а биьиги эрэ выпуьу банкета суох аттестаппытын биэртэлээбэккэ эрэ оскуолаттан тар5аспыппыт. Ол са5ана оскуола-производство-урдук уерэх диэн девиз баар этэ. Уолаттарбыт сорохторо армия5а, сорохтор ферма5а, атын сирдээх о5олор дойдуларыгар барбыттара.
Кондратьева Евдокия Васильевна.
Тохсунньу ый, 2008 с.
 

Ахтыы


Мин, Матросова Ксения Арьяновна, 1938 с. теруех, Тойбохой орто оскуолатын 1961 cьuтaaxxa бутэрбитим. Оскуоланы бутэрэн баран 2 сыл Тэнкэ алын cyhyex оскуолатыгар учууталлаабытым. Онтон учуутал идэтин себулээн Н.Г.Чернышевскай аатынан Булуутээ5и педучилище5а 2 сьш уерэнэн кыра кылаастарга учуутал идэтин ылбытым. Ол са5ана математика5а эбии уерэтэн 5-8 кьшаастарга математиканы уерэтэргэ справкалаах бутэрбитим. Инньэ гынан Уус Алдан улууhугар Курбуhах интернат-оскуолатыгар математика учууталынан анаммытым. Онно 1 сьш улэлээн баран дьонум ыалдьаннар Сунтаар улууhугар Тэнкэ алын cyhyex оскуолатыгар учууталынан, сэбиэдиссэйинэн ананан 4 сыл улэлээбитим.
Онтон 1970 сылтан семейнай балаhыанньабынан Сунтаар N2 орто оскуолатыгар алын cyhyex учууталынан 2005 сылга дылы улэлээбитим. Бу оскуола5а улэлии сылдьан 1986 сылга педагогическай улэ ветерана, 1990 cыллaaxxa РСФСР норуотун уерэ5ириитин туйгуна буолбутум. Уопсайа 42 сыл улэлээн баран 2005 сылтан пенсия5а олоробун. Улэлээбитим устатыгар элбэх кылааhы таhаарбытым. Yерэппит о5олорум республика5а тар5анан бэйэлэрин талбыт идэлэринэн улэлии сылдьаллар. Киэн туттар уерэнээччилэрбин ахтар буоллахха, Сунтаар N2 орто оскуолатын со5отох кыhыл кемус мэтээлинэн бутэрбит Эльвира Кириллина Хабаровскайга терапевт быраас, Лена Степанова ypyн кемус мэтээлинэн бутэрэн билигин Москва5а «Джонсон и Джонсон» фирма5а улэлии сылдьар.
Кэргэннээхпин, 2 о5олоохпун, 2 сиэннээхпин. О5олорбут миигин утумнаан учуутал идэтин баhылаары С.Ф.Гоголев аатынан Дьокуускайдаа5ы N1 педучилищены иккиэн кыhыл дипломунан бутэрэн салгыы М.К.Аммосов аатынан Дьокуускайдаа5ы государственнай университет педфакультетыгар уерэнэн, Диана кыhыл дипломунан, бутэрбиттэрэ. Улахан о5ом Гаврил Викторович СЮГПП­-5а урдуку категориялаах физкультура учуутала, национальнай ыстаныыларга спорт маастара, нуучча дуобатыгар маастарга кандидат. Кыыhым Диана Викторовна бастакы категориялаах В.Г.Павлов аатынан Сунтаар алын cyhyex оскуолатын учуутала, улууска ыытыллыбыт «Бастын кылаас салайааччыта - 2002» курэх «Идэ5э бэринии» номинация хаhаайката, номнуо бастакы 3 выпускницалара ypyн кемус мэтээлинэн бутэрдилэр.
Билигин пенсия5а олорон сиэннэрбин буебэйдии -буебэйдии себулуур дьарыкпынан иистэнэбин, баайабын, о5уруот аhын ууннэриитинэн дьарыктанабын. Ардыгар учууталлары, библиотекары солбуйан оскуолабын кытта сибээспин быспаппын.
1961 сыл выпускницата Ксения Матросова.
 

Ахтыы


Кононов Александр Дмитриевич, РСФСР тыатын хаhаайыстыбатын туйгуна, Саха республикатын норуотун хаhаайыстыбатын утуелээх улэhитэ, Ханалас улууhун бочуоттаах гражданина.


Уруккута Хочоулууhун, кэнники Сунтаар улууhун Тойбохой эргин нэhилиэктэрин угус келуенэ дьонугар «бараммат-хороммот, банаардаах сырдыгы» биэрбит тапталлаах оскуолабыт 125 сыллаах кэрэ бэлиэ юбилейынан сибээстээн ьэйэм уерэммит кэмим туhунан кыра ахтыы оноробун.
Уоттаах сэрии бутэн, олох сана кенен эрдэ5инэ, 1950 сыллаахха оскуола боруогун аан маннай атыллаан, бэлэмнэнии
кылааhыгар уерэнэ киирбитим.
Оскуолабыт 1938 сыллаахха тутуллубут икки этээстээх, олус кэрэ кестуулээх, тупса5ай тутуулаах дьиэ этэ. Улэбинэн сиэттэрэн Саха сирин элбэх оройуоннарыгар сырыттым. Ол са5анаа5ы тутуулаах элбэх оскуоланы кердум да биhиэнин курдук учугэй тутуулаах оскуоланы хана да кербетум. Кылаастара киэнэ, туннуктэрэ улахана, сырдыга, истиэнэлэрэ кенете, тэнэ, салгына ырааhа барыта олус учугэй этэ. Ордук киэркэтэрэ куолакаллаах балкона, инники аан аттынаа5ы фасада, Тула олордуллубут хатын, тирэх мастара, делуhуен уктара, сибэккилэр. Тутуллубут сирэ учугэйэ бэрт этэ. Дэриэбинэ ортотугар, урдук, ыраас сиргэ. Кун уота илинтэн, со5урууттан, ар5ааттан кемус ута5ынан тэннэ кутара. Начальнай кылаастарга Саввинов Алексей Исаевич (Тойбохой терут олохтоо5о) уерэппитэ. Сурдээх кытаанах, ол гынан баран учугэйдик уерэтэрэ. Ол са5анаа5ы учууталлар бары да кытаанах этилэр, оттон о5олор мункук-тэнкик, бытааннык ейдуур, кыайан санаран-инэрэн испэт буоларбыт. Ол са5анаа5ы олохпут сайдыыта оннук этэ. Бу кэмнэ мин ейдеен хаалбытым, оскуола иитэр-уерэтэр, кыраайы уерэтэр улэ5э ситиhиилэрин иhин Комсомол киин Комитетын кыhыл Знамятынан на5араадаламмыта буолар. Оскуола линейкатыгар мэлдьи Знамя барабаан, горн до5уhуоллаах таhаарыллара, бастын уерэнээччилэр кини аттыгар хаартыска5а туhэллэрэ. Ол хайдах эрэ сурдээх торжественнай этэ. Бу сылларга пришкольнай учаастак, кыраайы уерэтэр музей, тыыннаах муннук инники сайдыыны ылбыттара. Мин кыра кылааска сылдьан юннатскай куруhуокка биир активист этим. Пришкольнай учаастакка моркуоп урдук уунуутун ылан Бутун Союзтаа5ы тыа хаhаайыстыбатын быыстапкатын кыттыылаа5а медалынан на5араадаламмытым. 1953 сыллаахха Куокуну – Кемпендэй маршрутунан оночоннон кыраайы уерэтэр походка сылдьыбыппыт олус интэриэhинэй этэ. Элбэх кэрэ бэлиэ сирдэргэ сылдьыбыппыт, музейга экспонат бе5ену булан а5албыппыт. Онтубут уксэ мамонт, динозавр, айыл5а дьикти таастара этилэр, билигин да5аны музейга тураллар. Салайааччыбыт Георгий Евдокимович Бессонов этэ. 1955 сыллаахха старшай пионервожатайынан сана уерэ5и бутэрбит Егорова Федора Петровна улэлии кэлбит. Кини кэлин Саха биллиилээх журналиhа буолбута, «Кыым» хаhыат редакторынан таhаарыылаахтык Пионерскай улэни, араас мероприятиялары олус бэркэ тэрийэрэ, оройуонна бу улэ5э хаста да бастаабыппыт. Ейбер Кенеек урдугэр буолар пионерскай «костердар», тимуровскай хамсааhыннар, ырыалар бу баар курдук хаалан хаалбыттар. Итини таhынан суеhугэ эбии аhылык бэлэмнээhинигэр колхозка кемебут. Ол сахха колхозпут аата «Победа» диэн этэ. Урдуку кылааска уерэнэрбитигэр ыаллыы нэhилиэктэртэн элбэх о5олор кэлэн уерэммиттэрэ. Бу сылларга (ба5ар инники да буолуо) ити билигин аатырдар кабинетнай уерэхтээhин системата оскуола5а баара. Ол курдук лабораториялаах химия, биология, физика, математика, довоенная подготовка кабинеттара бааллара. Ол уерэтэргэ олус табыгастаах булара, о5олорго да бииртэн биир кылааска кеhе сылдьан уерэнэр интэриэhинэй этэ. Аллараа тымныы этээстэн, уеhээ ичигэс этээскэ тахсан уерэнэр учугэй буолара. Ол са5ана оскуола оскуола маhынан оттуллара, онон син тымныы этэ.
Нуучча тылыгар Агафия Кирилловна Антонова уерэтэрэ. Анны санаатахха олус учугэйдик уерэтэр эбит, кылааспыт салайааччыта буолан уруок кэнниттэн «Огонек» сурунаалга бэчээттэнэн тахсар советскай разведчиктар (Н. Кузнецов о.д.а) тустарынан сэhэннэри аа5арын кэтэhэр да этибит.
Физика учууталынан, кэлин оскуола директорынан А5а дойду сэриитин кыттыылаа5а Иванов Ипатий Семенович (терут олохтоох) ситиhиилээхтик улэлээбитэ.
География5а таайым Бабыканов Назар Яковлевич (терут олохтоох) А5а дойду сэриитин кыттыылаа5а (танкист). Европа дойдуларыгар фашизмы утары охсуhууга сылдьыбыт буолан, ол уонна атын дойдулар тустарынан ылыннарыылаахтык кэпсиирэ, уерэтэрэ. Атын буойун орденнаах офицер Жирков Трофим Николаевич (терут олохтоох) довоенная подготовка диэн уерэ5и бэркэ уерэтэрэ, байыаннай оонньуулары ыытара. Итини таhынан нуучча норуотун бастын представителлэрэ Дегтярев Александр Федорович (химия5а), Соколов Владимир Иванович (физика5а, машиноведения5а), Иванова Анна Ивановна (математика5а) уерэппиттэрэ. Билиилэрэ керуулэрэ киэн, уерэтэр да ньымалара сурдээх учугэй буолара, уерэнээччитэ дирин билиини биэрэргэ кыhаллара.
Тойбохой утуе сиринэн-уотунан, улэhит дьонунан Саха сиригэр былыр-былыргаттан биллэрэ. Ол туhунан 18 уйэ5э нуучча уерэхтээ5э Маак суруйан турар. Тойбохой, кини оскуолата бутун Саха сиригэр, Россия5а, Советскай Союзка, аан дойдуга биллиитэ уhулуччулаах энтузиаст-новатор, инициатор, учуутал, социалистическай улэ Героя Бессонов ГЕОРГИЙ Евдокимович аатын кытта ыга сибээстээхтэр. Кини идеятынан инициатыватынан, сыралаах улэтинэн тэриллибит кыраайы уерэтэр музей, ботаническай сад, кыhынны сад, «айыл5а дьиктилэрэ» музей, оскуола уерэнээччилэрин бэйэлэрин тереебут сирдэрин, айыл5атын, улэни таптыырга уерэппиттэрэ биллэр суол. Сана кэм учууталлара, уерэнээччилэрэ урукку утуе традициялары илдьэ сылдьаллара, сана ситиhиилэри ылаллара биhигини оскуола урукку выпускиктарын уердэр уонна кинилэргэ ессе урдук ситиhиилэри ба5арабын.
Бэйэм туспунан кылгастык эттэххэ уерэ5и бутэриэхпиттэн араас хаhаайыстыбаннай, партийнай , административнай органнарга киhи тэнинэн улэлээн кэлбиппинэн, тереебут дойдубун, оскуолабын, кини урдук аатын туhэн биэрбэтэпинэн испэр уерэ саныыбын.

Кулун тутар 14 кунэ 2008 сыл.
Дьокуускай к.

 





































 

Сайт создан в системе uCoz