Ханнык ба5арар киhиэхэ оскуола5а

 үөрэммит сыллара умнуллубат, оло5ун саамай кэрэ-бэлиэ кэмнэрэ буолаллар

     

Оскуоланы 1962 сыллаахха бүтэрбит о5олортон араас идэлээх, дьоңңо-сэргэ5э дириңник ытыктанар, киhи холобур туттар дьоно үгүстэр

Υрдук үөрэхтээх -  14 киhи

Орто анал үөрэхтээх – 9

Υтүөлээх улэhит – 4

Норуот үөрэ5ириитин туйгуннара – 5

Суруйааччы - 1

 

1962 сыллаахха бүтэрээччилэр оскуола5а 1951 сыллаахха киирбиттэр, араас оскуола5а. Тойбохойдор 51 сыллаахха нулевой, эбэтэр бэлэмнэнии кылааска киирбиттэр, кинилэр маңнайгы учууталлара Александра Кирилловна Максимова. Маңнайгы учууталларын Сидорова Галина Степановна, Степанова Антонина Ивановна олус үчүгэйдик ахталлар. Кини сылаас, сымна5ас сыhыанын, чэнчис буоларга такайбытын, кэлэр олох туhунан дьикти кэпсээннэрин умнубаттар

 

 

 

  Степанова (Гаврильева) Антонина

  Ивановна

  Герцен аатынан Ленинградтаа5ы

  педагогическай институт

  филологическай  

  факультетын бүтэрбитэ

  Тойбохой орто оскуолатын үрдүк

  категориялаах нуучча тылын уонна

  литературатын учуутала

  РСФСР үөрэ5ириитин туйгуна

  Саха республикатын үтүөлээх

  учуутала

 

1951 – 1962 годы  –  годы учебы в Тойбохойской школе.

 

Чтобы написать подобие воспоминаний, я роюсь в своем школьном альбоме. Фотографий не так уж много, но каждая освежает в памяти какие-то моменты школьных лет. Оказывается, у меня несколько снимков старой (сгоревшей) двухэтажной школы с балконом и роскошным пришкольным садом, хотя раньше мы называли «участком». В том, что эти снимки я столько лет храню, может, выражается моя привязанность к школе, в которой я училась, а теперь работаю, благодарность учителям, у которых я училась.

            Итак, каковы были школьные годы?

            Я не помню 1 сентября 51 года, потому что по возрасту я не должна была поступать в школу. Но в то время не было детского сада, а меня не с кем было оставить, когда мать уехала в Кюкэй за моим старшим братом, которому уже пора было в школу. Так решилась моя судьба – начать учиться, выучиться читать и писать, затем всю жизнь читать и читать…

            Помню солнечное утро: меня за руку ведет в школу моя первая учительница Александра Кирилловна Максимова, а по моему тогдашнему пониманию, соседка «тетя Шура». Но дома меня научили называть ее Александра Кирилловна, объяснили, что к учителю нужно обращаться именно так.

             Не могу сказать, сколько нас было в классе, на фото с Александрой

 Кирилловной нас 19 детей, сидим по трое за партой.

            Наша учительница учила нас не только письму, чтению и арифметике, но азам гигиены, чистоплотности; рассказывала о больших городах, разных машинах… эти рассказы учили нас мечтать, пробуждали нашу любознательность.

            Первый в моей жизни поход тоже связан с Александрой

 Кирилловной. Это было в начале лета, тогда мне казалось, что мы шли очень долго, что трава была высокая, местами почти в мой рост. Оказывается, мы были в «Арыы», ныне парк-дендрарий. Там мы играли, гонялись за бабочками, а потом учительница угостила всех вкусными коржиками. Этот поход потом долгие годы был одним из лучших воспоминаний моего детства.

            Из тех, кто на 1-й фотографии, среднюю школу вместе заканчивали только трое: мой старший брат Святослав, Галина Сидорова и я. В те годы классные коллективы не бывали стабильными: кто-то оставался на второй год, кто-то уезжал, а кто-то приезжал.

            В среднем звене нашим классным руководителем несколько лет был Назар Яковлевич Бабыканов. Из этого коллектива среднюю школу закончили 6 человек: Сидорова Галя, Гаврильев Святослав, я, затем Соколов Эдуард, приехавший в 5 класс из Аллаги, Акимова Роза, Михайлова Мария из детского дома.

            Из учителей, учивших нас в среднем звене, особую благодарность выразила бы Агафье Кирилловне Антоновой – учительнице русского языка. У нее мы учились стабильно хорошо, я особенно любила выполнять письменные работы и читать стихи. Были увлечены чтением книг, даже собирались после уроков, чтобы слушать рассказ учительницы об интересной книге. Приходили не по принуждению, а по собственному желанию.

            Были яркие, запоминающиеся учителя. Это, например, Егор Яковлевич Иванов – учитель истории, Кирилл Афанасьевич Иванов – учитель якутского языка, Зоя Николаевна Васильева – учитель русского языка и литературы. Помню еще с начальных классов многих учительниц – молодых красивых русских девушек. Одна из них – Софья Васильевна Малышева вела у нас во 2-м классе уроки русского языка. А Алевтина Николаевна Медведева – учительница рисования – после уроков занималась со школьниками танцами.

            Уроки биологии и труда вел Георгий Евдокимович Бессонов. На его занятиях теоретические знания подкреплялись практической работой: было увлечение торфо-перегнойными горшками, гидропоникой. Делали из 6-7 слоев газет картон и, наклеивая вырезанные из календаря цифры, изготавливали таблицы умножения.

            Когда мы учились в 6 или 7 классе, была организована шефская работа пионеров над фермой, которая находилась в «Эhэ5э» (теперь там свалка). Каждому прикрепили телят, мы должны были за ними ухаживать. Было страшновато, но что только не делало наше поколение, если нам говорили, что это надо. Вдохновителем шефской работы была старшая пионервожатая Егорова Федора Петровна.

            С 8-го класса сильно изменился состав класса, так как приехали учитЬся из окрестных сел, где были школы – семилетки.

             На выпускном фото насчитываю только 19 человек, но заканчивали 28. Классным руководителем были Соколов Владимир Васильевич – физик и Дегтярев Александр Федорович – химик. Когда вспоминаю годы учебы в 9, 10 классах, удивляюсь нашей самостоятельности и тому, как доверяли нам наши учителя. Осенняя практика в Кокуну, затем поездки туда же зимой концертом – все без опеки учителей.

            В старших классах у нас был сильный актив класса: комсорг Иванова Раиса, староста Гаврильев Святослав; активисты школьной комсомольской            организации Сидорова Галина, Алексеев Николай и другие.

             В эти годы еще больше увлеклись чтением. Была в классе группа читающих запоем девочек и мальчиков. Понравившиеся книги передавали друг другу, за ними была очередь. Не только читали, но обсуждали прочитанное, обменивались мнениями. Особенно любили романы Михайло Стельмаха, Вилиса Лациса, Ефремова и т.д. Самыми читающими были Иванова Светлана, Жиркова Дуня, Федорова Надежда, Гаврильев Святослав.

            Из 28 человек нашего класса 13 получили высшее, 11 – среднее специальное образование. Есть специалисты ставшие известными не только в районе, но в республике. Это Федорова Надежда Кирилловна – заслуженный работник народного хозяйства республики, Павлова (Петрова) Валентина Николаевна – зав. Отделом краеведения республиканской библиотеки, Соколов Эдуард Дмитриевич – писатель. Кроме них есть учителя, инженеры, врач, экономист, авиатор, механизаторы…

            Одним словом, нашим учителям, выпуска 1962 года, есть чем гордиться.

 

 

 

 

Алексеев Виктор Григорьевич

Саха государственнай университетын

медико-лечебнай факультетын

бутэрбитэ. Республиканскай

онкологическай диспансерга үрдүк

категориялаах хирург-эндоскопист

бырааhынан улэлиир

Россия үтүөлээх бырааhа

«Бар5арыы» фонда степендиата

 

 

 

Мин оскуолам сылларын ахтабын…

 

Мин оскуола5а киирэрбэр, о5о тэрилтэтэ үлэлээбэт буолан нулевой кылаастан са5алаабытым. Туойдаах син улахан бөhүөлэк буолан оскуола о5ото сүүрбэччэ этибит. Тойбохой хонуута киэң, улахан да этэ. Угуйа аннын кэрии маhа мэктиэтигэр кыламан са5а буолан көстөрө. О5олор эйэлээх да этилэр, сарсыарда эрдэ тымныы, күн үөhэ ойдо5уна сылыйан, хааман иhэн утуктаан, ардыгар эдьиийдэрбиттэн торулларым. Сарсыарда аhыыр диэн суох, аhылык да суо5а. оскуола балконугар таңара дьиэтиттэн хаалбыт кыра куолакал ыйанан турара. Дьэ, до5оор, ардыгар хойутаан хаалан, Тойбохой сыhыытыгар киирэн эрдэхпитинэ тыаhа бу турар курдуга. Улахан о5олор быhаарыыларынан куолакал тыаhын иhиттибит да5аны төттөру айанныыр этибит. Хончоройго турнепс, эриэппэ үүммүт сириттэн үссэнэн, сэниэ киллэрэн төннөрбут. Ардыгар сиhинэн кэлэн Хоноос өтө5өр, кыра кытаанах сүбүөкулэни сиэн уоспут, иэдэспит кып-кыhыл буолан, ону сотто сатаан туhунан түбүк. Халлаан тымныйбытын кэннэ ойо5ос кγрγө5э, пилорама турбут сиригэр колхоз интернатыгар кыстаабыппыт. Υксэ Туойдаах о5ото олорбута, кыhын мас тиэйэр уолаттар хоноллоро. Бары хайдах батан миэстэ булан утуйарбытын бу диэн ойдөөбөппγн.

Кэнники сылларга ийэбит биhигини үөрэтээри бөhүөлэктэн чугас фермаларга үлэлиирэ, биhиги онтон хааман үорэнэрбит.

А5абыт бултуу сылдьан Мухтуйа5а хаалбытыгар, онон буруйдаан биир да о5ону интернатка ылбакка, таhыттан интернатка биир эрэ о5ону ылыллара. Ийэм кыhыйда5ына кhүн аайы директорга киирэн интернат туhунан санатар этим. Ол курдук Байа (Бааңка) ферматыгар олорон тыыннаах муннукка элбэх да ымыыны туттарбытым, ол оннугар кылааспар хаалбытым. Сайынын оскуола соруда5ынан мо5отой, кγтэр туттарарбыт.

Окко о5ус сиэтэн, от мунньан, ат кыраабылынан мустаран, илиинэн от охсон сайыны бутэрэрбит.

Алын кылааска Алексей Исаевич, Мария Феоктистовна. Илья Андреевич диэн о5олорго бэрт үчүгэй сыhыаннаах,үөрэнээччилэрин өтө көрөр учууталлар үөрэппиттэрэ.

 Мария Феоктистовна уонча хонук үөрэхпэр кэлбэтэхпинэ дьонунан илдьиттээн, туох да буруйа-сэмэтэ суох ыңыран уорэтэрэ. Учууталларбыт мин хааман үөрэнэрбин билэр буолан бары да5аны туох да айдаана суох аhараллара. Алексей Исаевич уонна Илья Андреевич булт туhунан көрдөөх түгэннэри кэпсээн көр-күлүү буолан уруокпутун түмүктүүрбүт. Барахсаттар киhи да быhыытынан үтүө да дьон этилэр, онон учууталга аналлаах курдуктара.

Элбэх сыратын биэрэн нуучча тылын үөрэппит Агафья Кирилловна Антонованы билигин да5аны үөрэппит о5олоро истиц-иhирэх тылынан ахталлар. Агафья Кирилловна ис сурэ5иттэн, туох баар билиитин биэрэн сылайбакка, үөрэнээччилэригэр барыларыгар тэңник сыhыаннаhан үөрэтэрэ. Диктаны куhа5аннык суруйбут о5олору иккилиитэ-үстүүтэ уруок иннигэр эбэтэр кэннигэр хос суруттаран, сыыhабытын көннөрөрбут. Ол тухары кини кыыhырбытын, куhа5ан тылы саңарбытын истибэтэ5им. Дьэ тулуур киhи, дьиңнээх учуутал этэ. Киэhэ уруок кэнниттэн аахпыт кинигэлэрин сахалыы, сиhилии кэпсиирэ. О5олор көрдөhөн күн аайы кэриэтэ кини кэпсиирин туох баарбытын умнан, кэпсиир геройдарын кытта бииргэ сылдьарбыт.

Υрдүкү кылааска университеты саңа бутэрбит Осипова Тамара Николаевна салгыы биhиги олохпутугар, нуучча тылын салгыы сайыннарарга саңа сүүрээни киллэрэн таhаарыылаахтык, айымньылаахтык үлэлээбитэ. Υөрэтэр темабыт геройдарыгар образтары, сочинениялары уонна кылааска ырытан көрүүнү ыытара.

География5а Назар Яковлевич Бабыканов үөрэппитэ, кини уруогар көңүллүк, карта5а уруок бириэмэтигэр мустан, үөрэтэр сирбитин ким урут буларын, учебниктан туhанан кэпсиирбитин утарбата, нууччалыы улаханнык кэпсии үөрэммэтэх о5олорго улахан өйөбүл этэ. Назар Яковлевич сэрии кыттыылаа5а элбэ5и билбит, көрбүт буолан холку быhыылаа5а.

Георгий Евдокимович Бессонов кө5үлээhининэн краеведческай музей тэриллибитэ. Оскуола о5ото, төрөппүттэр экспонат хомуйуутугар көхтөөхтүк кыттыыны ылбыттара.

Биирдэ музейга кыhыццы уhун өрөбүлгэ иккилии күн кэлэн улэлээбиппит. Мин кырааскалыы олорорбун көрөн баран «Дьэ Виктор улааттаххына уу баhааччынан улэлээр, оччо5уна ууннан быстарыахпыт суо5а» - диэн, кыраасканы то5о-хоро, элбэхтик, тар5аппакка халың гынан кырааскалыырбын өйдөтөн-өhүргэтэн со5ус тохтотон турар. Онон ыраастык, сатабыллаахтык бэриллибит улэни бириэмэтигэр толорорбут.

Кэлин эдэр специалист, физик Соколов Владимир Иванович со5урууттан кэлбитигэр Петров Прокопийдыын оскуола эргэ ЗИС-5 фанера кабиналаах массыынатынан оскуола5а оттор мас уонна атын да улэлэри элбэхтик толорбуппут. Υрдүкү кылааска үөрэнэрбитинээ5эр үксүн улэ5э сылдьарбыт – мас кэрдээhинэ, тиэйиитэ, күhүн дьиэни мууhунан сыбыырбыт.

Петров Прокопий Никифорович Омскайга үөрэнэн сельхозтехника инженера буолан Ньурба оройуонугар суол тутуутун инженер-механигынан улэлээбитэ. Мин Дьокуускайтан кэллэхпинэ Ньурбаттан Элгээйигэ эбэтэр Тойбохойко массыынанан кэлэрбит. Ол сылдьан Ньурба – Сунтаар суолун саңа ирдэбилгэ эппиэттиир хаачыстыбалаах суолу оңорорго улахан ба5алаа5а. Дойдубутугар кэлэн кустуу сылдьан учууталларбытын, бииргэ үөрэммит о5олорбутун истиңник санаан кэпсэтэрбит.

Иккис уолум Соколов Эдуард Дмитриевич боксер, суруйааччы эмиэ биир ча5ылхай киhи быhыытынан бэлиэ хаалларбыта. О5о сылдьан хайабытыттан да ордук сытыы тыллаах, кэлин суруйааччы буолуохтаа5а өтө көстөрө. Ол курдук биирдэ саха тылын уруогар кэпсээн суруйуутугар, бары син суруйбут курдук санаммыппыт, Эдикпит кэпсээнэ дьиңнээх суруйааччылартан итэ5эhэ суох буолан тахсыбыта.

Куоракка кэллэ5инэ биhиэхэ тохтоон ааhара, ол тугэңңэ элбэхтик кэпсэтэрбит, ардыгар мөккүhэрбит.

Сааспынан а5а буолан аармыйа5а мин урут барбытым, аармыйа оло5ун-дьаhа5ын туhунан киhибин бэлэмнээн со5ус суруйарым. Хардатын, Эдик дойду сонунун, бэйэтин ситиhиилэрин, түhүүлэрин ыйааhыннаан, тэңнээн суруйара. Сулууспалаан бутэн аны мин киниэхэ Тойбохойбут сонунун суруйарым. Уолаттар Тойбохойтон элбэх буолан сулууспалаабыттара.

Суруллубутун курдук уолаттар үксүбүт Ийэ дойдубутугар иэспитин төлөөн, ким хайдах чааска түбэспитинэн сулууспалаабыппыт. Миигин кытта бииргэ Игнатьев (Саввинов) Петр Тарасович сулууспалаабыта. Υс сылтан ордук кэми ракетнай чааска биэрбиппит. Сыл курдук теорияны үөрэтэн, сайыныгар Бойканур таhыттан биhиги чааспыт ракета Охотскай муора5а ыыппыта. Космонавтар Николаевтаах Терешкова үрүң көмүс өңнөөх ракетанан көппүттэрэ. Көппүттэрэ 40 мүнүүтэ кэнниттэн Союз радиотынан биллэрбитэрэ.

Ракета ыытан баран Байкал күөл таhыгар, хайалар быыстарыгар дьуhуурустуба5а турбуппут. Бэрээдэк син биир сэрииттэн итэ5эhэ суо5а. Петр бэйэтин хаhан да туhэн биэрбэт, биир тыллаах киhи этэ. Ракетнай чааска сулууспалаабыта оло5ор туhалаата5а, кэлээт Ньурба5а суоппар үөрэ5ин бүтэрэн Тойбохой олохтоохторун өр сыл уунан хааччыйбыта билигин да5аны уостан түспэт үтүө тылынан ахтыллар киhи. О5олоро билигин араас үлэhиттэр.

Кыра түгэңңэ оскуола5а үөрэппит учууталларбын, бииргэ үөрэммит о5олорбун ахтан-санаан аhардым. Барытын суруйуохпун элбэ5э бэрт буолуо, онон чугастык ахтар-саныыр до5отторум тустарынан, сорох учууталларбытын санаан кылгастык суруйдум.

Төhө да элбэх сыллар ааспыттарын үрдүнэн үөрэммит оскуола5ын, учууталларгын, бииргэ үөрэммит табаарыстаргын истиңник ис сүрэххиттэн ахта-саныы сылдьар эбиккин.

 

                          

Петрова (Павлова) Валентина Николаевна

Окончила Ленинградский институт

Культуры  им. Н.К.Крупской

Библиограф республиканской 

библиотеки им Пушкина

Отличник культуру СССР

Заслуженный работник культуры РС(Я)

За активное участие в работе по подготовке

заявки на участие якутского героического эроса

«Олонхо» в ЮНЕСКО для признания шедевром

устного нематериального культурного наследия

                                               человечества   награждена  знаком

                                               «Гражданская доблесть» (2005)

                                       

Мои ученические годы совпали с периодом реабилитации «врагов народа». В то время педагогический состав школы был очень сильным. У нас работали заслуженные учителя ЯАССР Г.Е.Бессонов, И.А.Попов, в начальных классах И.Д.Гаврильев, математик В.Р.Петрова. Якутский язык преподавал К.А.Иванов, физику вел В.И.Филиппов, географию – Н.Я.Бабыканов, химию – А.Ф.Дегтярев, рускиий язык – А.К.Антонова и др. Учителя не жалея своего свободного времени проводили дополнительные занятия и консультации. Они, не дожидаясь выхода новых учебников, основываясь на свежих газетных материалах, читали уроки о творчестве А.Е.Кулаковского, А.И.Софронова, Н.Д.Неустроева, П.А.Ойунского, о роли и месте в истории Якутии М.К.Аммосова, И.Н.Барахова, С.В.Софронова. Может быть, именно эти годы пробуждения национального самосознания народа и возвращения честного имени великим сыновьям и выкристаллизировали наше мировоззрение, в частности талант моего одноклассника, рано ушедшего из жизни, известного якутского прозаика Э.Соколова, мое детство и школьные годы – это время появления на селе электричества. Радио, кино, а также культурно-просветительных учреждений. Основным занятием школьников, кроме обязательной программы. Были спорт и чтение. С 4-го класса я участвовала в районных соревнованиях по лыжам и к окончанию школы благодаря нашему учителю физкультуры Г.С.Гурьеву имела 2-ой спортивный разряд. Моей школьной наставницей по спорту была незаурядная личность Нина Попова. Ныне Нина Афанасьевна Алексеева. Директор известной авторской школы г. Якутска, удивительно одаренный, талантливый педагог. Книги брали мы в сельской библиотеке, одалживали у учителей и друг друга. Русскую классику, в основном, читали в переводе на якутский язык: « Долгун-будул туманнарга

                       Чомполонон ый устар,

                       Санньы-курус хонууларга

                       Санааргыы уотун кутар.»

Эти строки из стихотворения «Зимняя дорога» А.С.Пушкина в переводе Кюннюк Урастырова зримо и образно входили в наше жаждущее знаний сознание.

В Тойбохойской средней школе под руководством Г.Е.Бессонова, ныне Героя Социалистического Труда, в 1955 году впервые в республике был созлан уголок живой природы, краеведческий музей и учебно-опытный участок. С 1958 года началась закладка ботанического сада. Каждый ученик трудился ежедневно не менее двух часов в день. Классные руководители не только контролировали работу. Но работали наравне с учениками. Школьниками былы собраны более тысяч экспонатов для музея. Уже тогда он имел 24 раздела с богатым содержанием. Я навсегда сохранила в своей душе нежную благодарность к учителям Тойбохойской средней школы как истинным патриотам своего дела.

 

 

 

 

Андреев Алексей Саввич

Тутуу маастара

Ырыа, хоhоон суруйар идэлээх

Мирнэй куоракка олорор

 

 

Ахтыы.

 

Мин Тойбохой орто оскуолатыгар 1958-1962с. үөрэммитим. Биллэн турар оло5ум саамай уустук, улаатан киhи-хара буолан, өй-төй тутар уонна саамай дьоллоох кэммэр үөрэммит буолан оскуолабын, учууталларбын, алтыспыт тыбаарыстарбын бу кырдьыахпар дылы оло5ум аргыстара гынан тиийэн кэллим. Бэйэм о5о эрдэхтэн ырыа куттаах буоламмын учууталбыт Эпсиэйэп Баhылай Никиитис, нуотунай кыраамата5а үөрэппитин, онтон ыла баяцца онньуу үөрэммиппин уонна куоласпын тупсарар, хорга дьарыктарын истиңник махтана саныыбын, ол сыллартан бу кырдьан олоруохпар дылы сыанаттан түспэт «артыыспын». Итиэннэ Гурьев Дьарааhын Сэмиэнэбис олук уурбутунан болойбуолга оскуолам хамаандатыгар 4 сыл сылдьыбытым эмиэ туhунан үчүгэй өйдөбүл. Оскуолабыт дириэктэрэ Дьөгүөр Уйбаанабыс Сэмэнэп, саабыс Ылдьаа Сэмэнэбис Уйбаныап, кылааспыт салайааччыта Александр Федорович Дегтярев, учууталларбыт байыаннай иитиигэ Тэрэпиин Ньукулаайабыс Суркуоп, география учуутала Наhаар Дьаакыбылабыс Бабыкаанап, нуучча тылыгар Тамаара Ньукулаайабына, омук тылыгар Маарыйа Дайыылабына, история5а Дьөгүөр Дьаакыбылайабыс уонна оттон улэ оруогар бэйэтэ тоң нуучча эрээри бэйэбитинээ5эр ордук сахалыы мөңөн-этэн үөрэппит Георгий Евдокимович Бессонов, барылара мин хайдах киhи буолуохтаахпын эллэспит дьоннорум буолаллар, кинилэри дириң ытыктабылынан ахтабын. Бэйэм ханнык ба5арар холкуостаах о5отун быhыытынан инньэ сэттэ саастан ыла о5ус сиэтиититтэн са5алаан илии үлэтин кыайа тутан кырыйдым. Идэбинэн, үөрэхпинэн тутуу маастарабын уонна культура үлэhитэбин, ырыа-тойук таhынан өссө биир ол оскуолатаа5ы сыллартан «ыалдьар ыарыылаахпын» ол хоhоон айа сатааhын; табаарыhым Ээдьик Соколуоптуун «Ньургуhун» түмсүүгэ дьарыктанар этибит, оройуон куулууптарын барыларын «Ай-Таллары» кытта кэрийэрбитин дьоммут-сэргэбит ойдүүллэрэ буолуо дии саныыбын. Ситиhиилэрим сэмэйдэр: «Чолбоңңо» биир кыра сэhэни, оройуонум хаhыатыгар хам-түм, уонна куоракка «Илин» сурунаал кыбытык хаhыатыгар хоhооннорум бэчээттэммиттэрэ.

Иитиллибит оскуолам 125 сылынан бэйэм айар үлэм саамай чыпчаала дии саныыр икки хоhооммун ыытабын.


 

Кэнчээри ыччакка кэс тыл.

 


Хара5ым көрбөт, кулгаа5ым истибэт,

Ол оннугар санаам оонньуур…

Бу тугуй? – диэн ыйытар ээ дууhам. Ардыгар хомолтом туhунан

Ыар-нуhэр тылынан ыллыахпын,

Ыраастай тапталтан үөскээбит

Ыал кыра о5ото буолабын.

 

Санньыйар санаабын эhиэхэ,

Сайа5ас кэнчээри ыччакка,

Саарба5а суох сайдам дууhаттан

Саталлаах тойукпар аныырбын

Сааппакка саңарар диэйэ5ит.

Сайылык сирэмин быыhыгар

Саргыга тардыhан улааппыт,

Көй ыраас салгыңңа көччүйэр

Күөрэгэй ырыатын таптаабыт,

Кэрэчээн куоластаах кэ5эни

Кэрэхсээн үөскээбит эрээри,

Кэс тыл кэрэтин булбакка,

Кэскиллээх оло5у туойбакка

Киэбирэн эрдэ5э диэйэ5ит.

 

Кэрэхсиир килбиэннээх үлэбин,

Киэң туттар өрөгөй санаабын

өлбөөрдөр «аспыттан» - Арыгыттан

Арахсар туhунан этиэхпин,

«Ахсымым» адьаhын буолуммат.

Кэмсинэн да туох туhа тахсыа5ын,

Кэскилбит туhунан саныа5ың.

О5олоор, аhаамаң ол «аhы»,

О5уйук дууhалаах мо5ойу,

Уоппута-тоторбута суох этэ,

Уоруйах-кубул5ат гынара.

 

Иринньэх сааскытын эрэйдээн,

Иhимэң, о5олоор, иhимэң!

Ииппитэ, туппута суох этэ,

Итирик мэнэрик гынара…

 

Туох-ханнык иннинэ тобуллан,

Тойукпун туойуо5ум иннинэ

Тоңуйкаан дууhабын туппута,

Тоңуй-таас сүрэхтээх гыммыта.

 

 


Арыгыттан алдьанар диэн тугун,

Адьаhын билбэппин диир этим.

Айдааннах аhылык туhугар

Ааспыта эдэр саас кэрэтэ…

Атастаар, айманар дууhаттан

Алгыспын этэрбин сиилээңңит,

Аатырыан ба5аран бу киhи

Айдааран эрдэ5э диэйэ5ит.

Эйэлээх сарыалга торооңңут,

Этиргэн буолбуккут эдэрдэр.

Эйэни коңүлү көмүскээң,

Эңини кэрэни кэскиллээң,

Эгэлгэ үөрэ5и баhылааң,

Элбэхтик норуокка туhалааң,

Иhимэң, о5олоор, иhимэң,

Иринньэх сааскытын эрэйдээң!

 

                                                                    


                Алексей Андреев – Мас Кэнчээри.

 

Таптал туhунан

 


      Оо таптал, хас уонна таарыйдың

Мин сэмэй, уйа5ас сүрэхпин,

Хас уонна дууhабар сыдьаайдың

Сымна5ас, сып-сылаас иэйиигин.

 

Баар этэ о5о саас оонньуута,

Ып-ыраас, сып-сырдык харахпар.

Дьэ уонна куорэгэй ырыата,

Куннэтэ сиппэтэх лыахтарбыт.

 

Баар этэ биллибэт иэйииттэн

Эмискэ итийэн хааларым.

Ол онтон саатарым бэрдиттэн

Кулгаахтыын кытаран турарым.

 

Баар этэ суhуо5ун ньуо5улаан

Сиэллэрэн тамтатан иhэрим,

Эмискэ хоруйа тэптэрэн,

Илгиэлээн ытатан кээhэрим.

 

Баар этэ чуумпу да чуумпу

Киэhээцци Булуубут биэрэгэ.

Туун уоhэ ыйдаца холкутук

Сууруккэ суhумнуу туhэрэ.

 

Бааллара ча5ылхай харахтар,

Эрэнэр да, куутэр да харахтар.

Ардыгар сэмэлиир, санньыйар,

Ардыгар кэлэйэр харахтар.

 

Бааллара имэцнээх харахтар,

Мацнайгы чочумаас хоhооннор.

Ол уохтаах тыллары хоhуйар

Уоскуйбат ньиргиэрдээх эр тыллар.

 

Баар этэ кэлэйии-сиргэнии,

Олохтон, тапталтан дьиц иэйии,

Хойутаан ал5аhы билинии,

Ол кэннэ уhуннук кэмсинии.

 

Таптыыллар сайа5ас харахтар,

Таабырын курдуктар, сэмэйдэр.

Саас аайы кэлэллэр чыычаахтар,

Сацаны ыллыыллар, дьиктилэр.

 

Баалаамац тапталы, баалаамац,

Бар дьоммут айылгы иэйиитин.

Ким таптыыр, дууhата кырдьыбат,

Киниэхэ кир-хох сыстыбат.

 

Тапталтан уоскууллэр ийэлэр,

Дьэ уонна уунэллэр генийдэр.

Кун дьолун уhанар хотойдор,

Туйаарар кыталык кыргыттар.

 

Таптыыбын барыны, таптыыбын,

Талбаны кэрэни, нарыны,

Кун аннын ко5ордор сирэми,

Кун дьолун хоhуйар ырыаны.

 

Таптыыбын, ол иhин тахсаллар

Сурэхпэр чочуллан бу тыллар.

Таптыыбын, ол иhин тыаhыыллар

Дууhабар этигэн хомустар.

 

Оо, таптал мэлдьитин таарыйыый

Мин сэмэй уйа5ас сурэхпин.

Мэлдьитин дууhабар сыдьаайыый

Сымна5ас, сып-сылаас иэйиигин.

 

                                            Алексей Андреев – Мас Кэнчээри.

 

 

 

.

Сидорова Галина Степановна

Жданов аатынан Ленинградтаа5ы

Государственнай университеты

бүтэрбитэ.

Элгээйи, Күндэйэ, Куокуну  орто

оскуолаларыгар география,

французскай тыл учууталынан үлэлээбитэ

РСФСР үөрэ5ириитин туйгуна

 

 

         1951с. саары этэрбэстээх, өрбөх сыыhыттан тигиллибит санныга кэтэр суумкалаах, сиитэс ырбаахылаах «О» диэн кылааска оскуола5а киирбитим.

1962 сыллаахха бу оскуоланы бүтэрэн, комсомол путевкатынан 3 сыл колхозка дояркалаабытым, бороон корбүтүм.

1965 сыллаахха Ленинградка баран А.А.Жданов аатынан государственнай университет географическай факультетын бүтэрэн үлэhит буолбутум. Мин үлэhит, киhи буоларбар иитиллибит, үөрэммит оскуолам бө5ө тирэх буолбута саарба5а суох.

Мин истиңник ахта саныыбын маңнайгы учууталбын Александра Кирилловна Максимованы. Кини нарын-намчы көрүңэ, эйэ5эс-сайа5ас майгыта мин өйбөй умнуллубаттык хаалбыт.

Мин үөрэнэр сылларбар Тойбохой оскуолатыгар элбэх да үчүгэй, эдэркээн, энтузиаст учууталлар үлэлээбиттэрэ. Оскуолабытыгар араас өрүттээх улэлэр күөстүү оргуйаллар эбит. Аңардас Георгий Евдокимович Бессонов салалтатынан краеведческай, юннатскай үлэ туохха тэңнэhиэй. Мин 4-с кылаастан 9-ка диэри мэлдьи юннат этим. Георгий Евдокимович постояннай юннаттарга эйэ5эстик, харыстабыллаахтык сыhыаннаhара. Биhиги кыhыннары сиэмэлэрбитин закаляйдаан эңин, чахчы науканан дьрыктанар курдук этибит. Пришкольнай учаастакпытын көрө-көрө бэйэбит астынарбыт: сибэккититтэн маhыгар тиийэ этикеткалаах тус-туспа клумбаларга үүнэллэрэ, икки арда – суола барыта хап-хара, миинньигинэн харбаммыт буолара. Онтон ботаническай сад төрүттэнэригэр ити үүнээйэлэрбит барыта кэриэтэ онно көhөрүллүбүттэрэ.

Ити са5ана мин өйбөр-санаабар ордук умнуллубат суолу-ииhи хаалларбыт учууталларынан буолаллар: Евсеев В.Н.. Осипова Т.Н., Дегтярев А.Ф.. Бабыканов Н.Я., Иванов Н.Г.. Николаев Е.М., Иванова М.Д.. Иванова В.Р., Иванов И.С., Соколов В.И., Семенов Е.И., Васильева А.К. уо.д.а.

Бэйэм 1970 сылтан 2005 сылга диэри Элгээйи, Күндэйэ, Куокуну оскуолаларыгар французскай тылы, географияны, историяны үөрэтэн, ону таhынан Элгээйигэ завуhынан, Күндэйэ5э пионер вожатайынан, Куокунуга директоры иитэр улэ5э солбуйааччынан улэлээн пенсия5а тахсан олоробун. Кэлин мастер – педагог диэн кыргыттарга саха национальнай тигиитин куруhуогун салайбытым.

Υлэбин-хамнаспын РФ үөрэ5ириитин туйгуна, үрдүкү категориялаах учуутал диэн ааттаах-суоллаах тумуктээтим.

2008 сыл.

 

 

 

 

 

Мохова (Максимова) Антонина 

Александровна

Магаданнаа5ы педагогическай

институту бүтэрбитэ

Тойбохой орто оскуолатын үрдүк

 категориялаах алын кылааhын учуутала

Саха республикатын үөрэ5ириитин туйгуна

Педагогическай үлэ ветерана

 

 

 

 

Ахтыы сурук

 

Мин 1958-59 үөрэх сылыгар Кириэстээх сэттэ кылаастаах оскуолатын хоп курдук үөрэнэн бутэрбитим. Салгыы Тойбохойго үөрэнэ киирбитим.

Биhиги үөрэммит кыhабытыгар холооно суох улахан, икки этээстээх, киэң улахан түннүктэрдээх, өссө алтан куолакал чуорааннаах оскуола дьиэтин сө5ө-махтайа, салла көрбүтүм.

Кириэстээххэ кылааспытыгар, сэрии сылын о5олоро, баара суо5а бэhиэйэх этибит. Ол да иhин буолла5а буолуо, сэттис кылааhы ортото суох бүтэрбитим.

Оттон манна, 8 кылааска, араас сиртэн мустубут 40-ча о5о этибит. Кылаас биир кэм өрө түллэцнии, оргуйа олорор курдуга. Учуутал быhаарарыгар, үөрэнээччи тугу эмэ истэн өйдүүрүгэр лаппа ыарахаттар бааллара. Үhүс чиэппэртэн мин ортонон соhуллан барбытым.

Нуучча тылын, литературатын сүрүннээн Тамара Николаевна Осипова үөрэппитэ. Саха тылын, литературатын утуу-субуу Н.Г.Иванов, Н.П.Кардашевская, Е.М.Николаев, П.С.Яковлев үөрэппиттэрэ. Тыллары үөрэтэр учууталларбыт бука бары өйдөнүмтүө, хайа да үөрэнээччи бол5ойон истэр эйгэтин тэрийэн үөрэтэллэрэ-такайаллара.

Химияны Александр Федорович Дегтярев биэрэрэ. Практическай үлэни, араас опыттары кыайа-хото тутан ыытара. Уруогу билбэккэ, сыыhа-халты эппиэттээтэххэ: «Индюк думал-думал и в суп попал» - диэн сэмэлиирэ, күллэртиирэ.

8-9-с кылаастарга биологияны бары олус саллар, ытыктыыр учууталбыт Г.Е.Бессонов үөрэппитэ. Олус ирдэбиллээ5э, үлэ хайаан да үрдүк хаачыстыбалаахтык толорулларын хонтуруоллуура.

Географияны, черченияны Назар Яковлевич Бабыканов, историяны В.Н.Евсеев уонна Илья Семенович Иванов үөрэппиттэрэ.

Математика5а утуу-субуу А.Н.Колязина, И.А.Архипов, В.Р.Петрова үөрэппиттэрэ.

Физиканы – В.В.Соколов диэн эдэркээн нуучча учуутал.

Биhиги көлүөнэ үөрэнэр кэмигэр Саха сиригэр со5урууттан А.Н.Колязина, Н.П.Соколова, В.В.Соколов үлэлии кэлбиттэрэ.

Анна Николаевна Колязина биhиги кылааспыт салайааччыта этэ.

Оччолорго оттук мас бэлэмигэр оскуола о5ото төhүү күүс быhыылаа5а. Сааhыары, хаар хаптайда5ына, үөрэхтэн босхолонон туран, саhаан охсорбут. О5олорго, хаhан ба5арар буоларыныы, үөрэх буолбата – үөрүү күнэ, киhи да сонньуйар ээ. Бэрт элбэх биригээдэ5э хайдан, улахан кылаас о5олоро бука бары күүстээх үлэ5э турунарбыт. 3 киhилээх (1 уол сүгэлээх, икки эрбиир кыыс) биригээдэ күннээ5и нуормата – 1 саhаан. Саhаан тахсыах модьу, чэгиэн, үрдүк маhы талан-талан була5ын. Уол сүгэнэн сирэйдиир, кыргыттар икки тутаахтаах эрбиитинэн кыыкардатан бэрт эрэйдээх үлэ са5аланар. Уол уhун маhынан сууллуохтаах маhы, хайысхатын булан, үтэн тиниктэhэр. Оттон кыргыттар эрбиинэн түhүнэллэр.

Биригээдэ5э кылааспыт солбуллубат старостата, сүрдээх киhи, Коля Алексеев түңэтэр. Миигин классоводпар Анна Николаевна5а холбоон, бэйэтин биригээдэтигэр ылан «абырыыр». Арааhа, икки мөлтөх киhини ким да ылбата буолуо ээ. Оо, биhиги туох баарбытынан түhэн, күннээ5и нуормабытын син толоробут. Толорботоххо – саат!

Учууталбыт, эдэркээн нуучча кыыhа, ханнык эрэ түң тыа5а кэлэн, өссө эбиитин мас кэрдиэм диэн, түhээн да көрбөтө5ө буолуо. Сотору ба5айы сылайан эрбии тутаа5ар түстэн түhэн иhээхтиирэ. Мин ону соhо сатыыр туругум өйбөр-сүрэхпэр билигин да баар курдук.

Киэhэ сатыы төннөбүт, ол иhэн, сарсыарда сылдьан ааhаар диэн көрдөhөр. Сарсыарда кэлэбин – дьиэ хатыылаах. Тоңсуйабын. Учууталбын көрөн аhынарым: кыбыстан сирэйэ кып-кыhыл, көhүйэн нэhиилэ хамсаахтыыр. Аhыыр кэлиэ дуо, суох. Ааhан иhэн күүлэ5э турар дьааhыктан тоң отону ытыhан ылаахтыыр, өссө «угощайся» диэхтиир.

Оттон биhиги, о5олор, туох буолуохпутуй. Үөрэ-көтө, хаадьылаhа, ким туох үчүгэй астаа5ынан күндүлэhэ, онтон өссө түмсэн, көрдөөхтүк, таhаарыылаахтык үлэлиирбит.

Саас халлаан сып-сылаас, сып-сырдык күн күлүмнүү оонньуур. Оттон ордук кэм суох курдуга. Аттыбытыгар атын омук баар диэн баардылаан көрбөт, сахалыы ийэ тылбытынан ньамалаhыы бө5ө. Ол да буоллар учууталбыт онтон кэчэспэт, бэйэтэ-бэйэтигэр оргууй а5ай сылдьара. Арай биири сө5өрүн өйдүүбүн – тугу барытын сатыыр тыа сирин о5отун.

Сайын дойдутугар көтөр күнүн билэрим. Атаара барыахпын олус да ба5арарым. Нүкэним бэрт буолан, ыраахтан сайыhа хаалбытым… күhүнугэр кэлбэтэ5э. Кэргэннэнэн,  дойдутугар хаалбыт этэ.

Кэргэннии Н.П., В.В.Соколовтар онуhу бүтэриэхпитигэр диэри үлэлээбиттэрэ. Иккиэннэрин о5о-аймах ылынар, ытыктыыр учууталлара этэ.

В.В.Соколов барахсан мааны майгылаах, айыл5аттан айдарыылаах учуутал этэ. Мөңөр, күүскэ саңарар диэни сатаабат курдуга. Оттомо суох быhыыланан, уруокка бэлэмэ суох кэллэххэ: «Почему к уроку не готовитесь? Вы же, на самом деле, такие способные», - диэн, киhи быhыытынан самнарбакка, төттөрүтүн хай5ал аңардаах, сэмэлиирэ.

Итинник үтүө учууталларга үөрэнэн, биhиги бары сирдээ5и суолбутун таба булбуппут. Үлэлэригэр үрдүк ситиhиилээх буолан, анал бочуоттаах бэлиэлэринэн на5араадаламмыт дьоннордоохпут. Ол курдук, онколог врач Алексеев Виктор Григорьевич, саха үорэхтээхтэрин билиниитин ылбыт библиограф Павлова Валентина Николаевна, нуучча тылын, литературатын учуутала Степанова Антонина Ивановна, тыа хаhаайыстыбытын үлэтин эгэлгэ мындырын баhылаабыт Федорова Надежда Кирилловна  - идэлэрин муңутуурдук баhылаан, үлэлэригэр дьүөрэ – үтүөлээх үлэhит – ытык аатынан бэлиэтэннилэр.

Биhиги кинилэринэн киэң туттабыт!

Саха аа5ааччытын биhирэбилин ылбыт, билиңңи кэм талааннаах суруйааччыта Эдуард Дмитриевич Соколов – Тулусхан эмиэ биhигини кытта үөрэммитэ. Сытыы-хотуу, үөрэ5и ылынымтыа, спортсмен бэрдэ этэ биhиги Эдикпит.

Билигин, Э.Д.Соколов – Тулусхан суох буолбутун кэннэ, хос-хос эргиллэн аа5ар айымнньыларбар, автор туруорар проблемалара сытыытын, арыйар уобарастара тыыннаахтыы, бу сэргэ хаама сылдьар курдуктарын со5обун.

Дьэ ол иhин кылгас да кэмңэ мин кинини кытта бииргэ үөрэммиппинэн, кинилиин биир кэмңэ олорбуппунан киэн тутта саныыбын.

Бу кэпсээбит ытык мааны дьоннорбуттан ураты өссө да кэпсии туруох үөлээннээхтэрим үгүстэр.

Υп-харчы экономика салаатыгар эңкилэ суох 43 сыл үлэлээбит, биир идэлээхтэрин билиниитин, ытыктабылын ылбыт Кириллина Елена Спиридоновна билигин киин куоракка олорор, өссө да былдьаhыкка сылдьар үлэhит үтүөтэ. Кыра эрдэ5иттэн олоххо тардыhыылаах, улахан дьулуурдаах этэ. Аhыныгас, үтүө санаалаах майгытын ыhыктыбакка илдьэ сылдьар мин дьүөгэм Еля барахсан.

Куокунуну, улэhит дьонноох Куокуну дэппит утуо-мааны дьоннордоохпут. Ол Федорова Надежда Кирилловна , Егорова Мария Федоровна, Сидорова Галина Степановна, Андреев Алексей Саввич. Тихонова Екатерина Архиповна буолаллар. Кыhыл комус тарбахтаах буолан, идэтин таhынан о5олору иис-уус мындыр сатабылыгар уhуйбут географ идэлээх дьуэгэбит Галина Степановна ыччат дьону үөрэтиигэ кылаатын киллэрбитэ саарбахтаммат.

Уhун - Күөлгэ, зоотехник идэлээх кийиит кыыс Жиркова Евдокия Ивановна олохсуйан 40-ча сыл бэрэниилээхтик улэлээтэ. Дьон – норуот ытыктабылын ылла, о5о сааhым чугас, эрэллээх киhитэ Дуся. Бырааттыы Егор, Револий Павловтар эмиэ онно олороллор. Револий Николаевич авиация ветерана. өр сылларга Ньурба5а улэлээн, сынньалаңңа тахсыбыта. Билигин дойдутугар эргиллэн, убайынаан сыhыы муңунан сыспай сиэллээ5и, хотон муңунан хоро5ор муостаа5ы иитэн, байан-тайан олороллор.

Тойбохойго түөрт буолан олохсуйбуппут.

Петр Тарасович Саввинов олус туруу үлэhит этэ. Солбуллубат водовоз суоппара. Дьыл ханнык да кэмигэр, хайа да куңңэ бөhүөлэги уунан олус бэркэ хааччыйара.

Роберт Петрович Павлов тыа хаhаайыстыбатыгар аналлаах эгэлгэ техниканы уhулуччу баhылаабыт механик. Билигин Дьокуускайга олорор.

Онтон Антонина Ивановна уонна мин үөрэммит, киhи буолар суолга туруммут Тойбохойбутугар күн бүгүнүгэр диэри улэлии-хамсыы сылдьабыт.

Дьаархаңңа Христина Трифонова,  Дьокуускайга Федосия Николаева, Таатта5а Розалия Акимова дьоhун-мааны ыаллар.

Иван Капитонович Сидоров Намңа атыы-эргиэн салаатыгар үлэлээбитэ диэн кэпсээбиттэрэ.

Николай Осипович Пахомов өр сылларга тутуу салаатыгар улэлээн баран билигин киин куоракка дьиэ кэргэттэрин кытта быр-бааччы олороллорун истэн үөрэбин.

Түмүктээн эттэххэ, 1962 сыллаахха онуhу бүтэрэн , олох суолугар тахсыбыт билигин баар о5олор бука бары ыал буолан, эhээ, эбээ дэтэр биир кэрэ кэрдиис кэмңэ киирдибит.

Υөрэппит-ииппит оскуолабыт 125 сыллаах юбилейын чиэстээхтик көрсөн эрэрбититтэн, сэмээр үөрэн сэгэйэбит.

Сааhыран истэх аайы, о5о сааспытын байыппыт, инникибитигэр тирэх буолбут, олук уурбут Учууталларбыт барахсаттар тустарынан, өссө истиңник саныыр-ахтар буоллубут.

Оттон тус бэйэм, учуутал ытык идэтигэр сыстарбар, үтүө төрүөт буолбут Учууталларбар бука барыларыгар бар5а-мааны тыллары өрүү этэ туруом.

 

Учууталлар

Гаврильев Святослав Иванович   

Герцен аатынан Ленинградтаа5ы

педагогическай институт пед.

факультетын бутэрбитэ

Верхоянскай улууьугар начаалынай

кылаас учууталынан,

оскуола директорынан улэлээбитэ.

РСФСР уорэ5ириитин туйгуна

 

 

Колесников Валерий Григорьевич

История учуутала

 

 

 

  Тихонова Александра Васильевна

Саха государственнай университетын

Историческай факультетын бутэрбитэ.

Дьаархан орто оскуолатыгар улэлээбитэ

РСФСР уорэ5ириитин туйгуна

 

    

 

Советскай партийнай улэhит

 

Иванова Светлана Алексеевна

Хабаровскайдаа5ы высшай партийнай

оскуоланы бутэрбитэ

 

Тыа хаhаайыстыбатын улэhиттэрэ

 

Жиркова Евдокия Ивановна

Орто анал уорэхтээх зоотехник

Уhун-Куолгэ, улэлээбитэ, билигин Сунтаарга  олорор

 

Егорова Мария Федоровна

Куокунуга олорор, улэлиир

 

Федорова Надежда Кирилловна

Саха республикатын норуотун хаhаайыстыбатын

утуолээх улэhитэ

Куокунуга олорор, улэлиир

 

Детсад иитээччилэрэ



Николаева Федосия Афанасьевна

Якутскай куоракка олорор, улэлиир


 

Семенова (Тихонова) Екатерина

Архиповна

Куокунуга олорор, улэлиир

 

 

Трифонова Христина Яковлевна

Сунтаарга олорор.

 


Экономика улэhитэ

 


 

Николаева Елена Спиридоновна

Урдук уорэхтээх экономист-бухгалтер

Якутскай куоракка олорор, улэлиир

 


 

 

Инженердар


Пахомов Николай Осипович                                 

Саха государственнай университетын инженернай-техническай факультетын бутэрбитэ.

Якутскай куоракка олорор, улэлиир

 

Петров Прокопий Никифорович

Омскайдаа5ы автодорожнай институту

Бутэрбитэ Ньурба5а улэлээбитэ

 

 


Эргиэн улэhитэ

 

 

Сидоров Иван Капитонович

Нам сэлиэнньэтигэр ыскылаат

сэбиэдиссэйинэн улэлээбитэ.

Билигин Дьокуускай куоракка олорор.

 

 

Механизатордар


 

Павлов Роберт Петрович  

Тойбохой совхозка механигынан улэлээбитэ. Билигин Дьокуускай куоракка олорор.

 


 

 

 

 

 

Игнатьев Петр Тарасович

Тойбохойга водовоз массыына

суоппарынан улэлээбитэ


Араас идэлээхтэр


 

Павлов Револий Николаевич

Авиатехник

Ньурба аэропордугар улэлээбитэ

 

Акимова (Дмитриева) Розалия

Васильевна

Москва аттынаа5ы Егорьевск

куоракка гидрометеорологическай

техникуму бутэрбитэ

Ытык-Кюельгэ олорор.

 

 

Алексеев Николай Софронович

Электрик. Сунтаарга РЭС-ка

улэлээбитэ. Билигин Пермь

куоракка олорор

 

 

Михайлова Мария Даниловна

Чернышевскайга стройка5а улэлээбитэ

 

Петрова Анна Дмитриевна

Мэцэ – Хацалас улууhугар     олорор


Суруйааччы

Соколов Эдуард Дмитриевич – Тулусхан  

1991 сылтан ССРС суруйааччыларын союhун чилиэнэ


        До5орбут Эдуард!

Мин билигин аа5а сылдьар сэhэннэрбинээ5эр эн романың тыла-өhө урана, далааhына – бэрт. Сынньанным. Көннөрүү да суох. Барыта саас сааhынан. О5о саңатын үтуктүү – олус киэргэтэр… Туругур! Өрөй – чөрөй, Вилюй Аласов!

 

                                          Николай Габышев


     Суруйааччы айымньылара

1.    Арахсыспат аргыстарым (Сэhэн). 1980

2.    Дьол (Сэhэн). 1985

3.    Кэпсиэхпин ба5арабын (Сэhэннэр). 1985

4.    Хампа (Роман 1 кинигэтэ). 1993

5.    Буруйдаах (Сэhэннэр). 1994

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

ССРС суруйааччыларын союhугар чилиэнинэн киирии түгэнэ

 
 

Истиңник, махталынан ахтар-саныыр учууталлара

 

 

 

 

45 сыл ааспытын кэннэ сибээстэрин быспаттар, үөрүүнэн көрсөллөр.

Төhө да элбэх сыллар ааспыттарын үрдүнэн үөрэммит, олох суолугар атаарбыт оскуолаларын, учууталларын, бииргэ үөрэммит табаарыстарын өрүү ахта-саныы сылдьаллар.

Сайт создан в системе uCoz