Выпускники 1963 года
Выпускники 1963 года. Классный руководитель: Осипова Тамара Николаевна.
1. Андреева Евдокия Алексеевна – умерла.
2. Васильева Дария Тарасовна – умерла.
3. Васильева Федора Кирилловна – с.Тойбохой
4. Бессонов Александр Георгиевич – с. Тойбохой.
5. Иванова Розалия - Крест –Халджай.
6. Иванов Сергей Иванович – Бордон.
7. Игнатьев Ариан Иванович – г.Якутск.
8. Герасимов Вениамин Петрович – Жархан.
9. Григорьев Степан Николаевич – умер.
10. Исаева _ Кириллина Рея Ивановна – г. Якутск.
11. Дорофеев Борис Иннокентьевич – г. Якутск.
12. Омукова –Атласова Лидия Андреевна – г.Якутск.
13. Петрова Елена Никифоровна – г.Якутск.
14. Петрова Ксения Никифоровна – г. Якутск.
15. Большоева Анна Семеновна – умерла.
16. Николаев Анатолий Серафимович – умер.
17. Тихонова-Гольдерова Римма Семеновна – Крестях.
18. Тихонова- Алексеева Светлана Артуровна – Маар-Кюель
19. Саввинов Гаврил Афанасьевич – г.Мирный.
20. Иванов Николай Николаевич – г.Якутск.
21. Павлов Григорий Николаевич – с.Тойбохой.
22. Федотова Ксения Дмитрьевна – г.Якутск.
23. Иванов Николай Дмитрьевич – умер.
( Васильева Д.К.хаартыскалара)
Субуотунньук, субуотунньук
Саввинов Гаврил Афанасьевич
ученай – зоотехник,
Мирнэй куорат.
Мин Кириэстээх 7 кылаастаах оскуолатын 1963 сыллаахха бүтэрэн Тойбохойго салгыы үөрэнэ киирбитим. Миигин кытта тастың быраатым бокуонньук Григорьев Степан Николаевич үөрэммитэ. Ити сыл интернакка ылыллан үөрэнэн олохсуйан эрдэхпитинэ 2 этээстээх мас оскуолабыт умайан аймал5ан бө5ө буолта. Ол кэмңэ дьаьаныы олус да суьал ылыннарыылаах буолар эбит этэ. Сразу сарсыңңы күнүгэр атын бөьүөлэктэртэн остуол, паарта бө5өнү а5алан тута интернат дьиэ5э үөрэнэн барбыппыт. Биирдии киьини, үөрэнээччилэри кытта, үллэрэн тута акылаат буорун хаьыы са5аламмыта. Уот оттон ириэрэн хаьар этибит. Ону уьун биримиэнэ5э баран көрө охсон кэлэр этибит. Манна чугастаа5ы дэриэбинэлэртэн, детдомтан о5олордуун үөрэммитим. Классовод нуучча тылын учуутала Тамара Николаевна Осипова этэ. Олох билиңңээңэ дылы барыбытын аахтара билэр эбит. Ким ханна баарын, үлэтин-хамнаьын.
Элбэх сыллар аастылар ээ. Улаханнык өйдөөн хаалбытым диэн бэйэбит тэринэн араас күрэхтэьиилэргэ, конкурстарга киирэрбит, Сунтаарга. Ол сахха оскуола5а комсомол тэрилтэтин секретара этим. Сунтаар оройуонугар аан бастаан боксаны төрүттээбит Иван Алексеевич Архипов, математика, физика учуутала этэ. Арааьа со5отох спортивнай секция этэ. Ол да иьин уол о5о аймах маңнай утаа күргүөмүнэн суруйтаран сылдьыбыппыт. Инвентарь эңин татым этэ эрээри республика5а биир биллэр күүстээх боксер эрчийэрэ улахан солун этэ. Үөрэнэ сылдьан республика5а иккитэ баран күрэхтэспиппит. Ол са5ана Ньурбалыын биир оройуон этибит. Ол да сахтан Ньурба боксердара олус күүстээхтэр этэ. Иккис сырыыбытыгар хас да призердаах, чемпионнаах төннүбүппүт. Онно Сунтаар оройуонуттан бастаан чемпион буолбуттаахпын.1963 сыллаахха армия5а сулууспалыы барбыппыт Ол кэмңэ аккаастыыр – куотунар диэн өйгө да суо5а. Мин 1945 сыллаах эрээри биир сылы эбинэн барсыбытым. 3 сылтан тахса этэңңэ сулууспалаан төннүбүппүт. Элбэх субботниктар бө5ө буолаллар этэ. Саас кэлэр, кыьыңңы мас бэлэмэ диэн баара. 2 кыыс, 1 уол буолан тус туьунан бөлөхтөөн туруораллара. Уолаттар мас охтороллор, кыргыттар эрбииллэр. Онно дьэ сэниэлээх кыайар-хотор о5олорго түбэьэ сатаан эмиэ сөр буолара. Сүрдээх кыайар-хотор кыргыттар бааллара: Федотова Ксения, Петрова Ксения, Васильева Дора.
Мин сол кылааьым о5олоруттан до5орбун, таптыыр кэргэммин булбутум. Андреева Евдокия Алексеевнаны. Ол эрэйдээ5им олох илиибэр эмискэ ыалдьан тыына быстыбыта. Орджоникидзевскэй оройуон Нөмүгү сэлиэнньэтигэр. Кинини кэриэстээн сотору-сотору онно тиийэн сылдьан кэлэбин. Кэнники сылларга сүүрүүнэн дьарыгыран сылга 2,3 Якутскайга баран ветеран сүүруктэри кытта күрэхтэьэбин. Син хоп курдук үс киьи иьигэр буолаччыбын.
Дьэ бииргэ үөрэммиттэрбин кытта сибээс мөлтөх. Үксүлэрэ Дьокуускайга бааллар эбит да мэлдьи бириэмэ татым буолан хаалар курдук. Олус кэрэ айыл5алаах Тойбохойу мэлдьи саныыбын. Сунтаарга Саха сирин норуоттарын спартакиадата буоларыгар Мирнэйтэн 5 буолан сүүрэн тиийбиппит. Оруобуна Тойбохой ортотунан сүүрэн ааспыппыт. Санаабар билэр киьибин көрөөйөбүн диэбитим. Ар5аа оскуола эрэйдээх түннүгэ-үөлэьэ сабыта сааллан турара хайдах эрэ олус хобдох этэ. Атын оройуон сүүрүктэрэ эңин бааллара, олорго бу мин оскуолам ээ диэн эттэ5им дии.
Олус кылгас ахтыы буолла. Араас сыллар выпускниктарын, үөрэппит-такайбыт учууталларын бу сүдү юбилейынан э5эрдэлиибин!
Этэңңэ сырыттахха үөскээбит бөьүөлэкпиттэн Кириэстээхтэн үөрэммит Тойбохойбор Ити ахсынньы 12 күнүгэр сүүрэн тиийэр санаа баар.
Василий Павлович эрчийэр боксердара.
Саввинов Гаврил Афанасьевич,
республиканскай күрэхтэьиигэ
Сунтаар оройуонуттан бокса5а
бастакы чемпион.
(Саввинов Г.А.архивыттан)
Ахтыы сурук.
Мин дьонум аах арааьа, биьиги оскуола5а киирэр сааспыт чугаьаабытынан буолуо, Бэлэм диэн тереебут-уес кээбит сирбититтэн кеьен Кыра Кулуьуннаахха кэлбиппит. Тойбохойтон 7 хас биэрэстэ баара дуу. Онтон биьиги о5олор хааман уерэнэрбит. Суолбутун кылгатаары, Сэргэлээ5инэн Сылгы ете5ер ойуурунан быьа туьэрбит. Оннук хааман хаар туьуер дылы уерэнэрбит. Мин начальнай кылааска уерэнэр буолан, урууогум а5ыйах этэ да буолар, кинилэри ( улахан кылааска уерэнэр о5олору) куутэн бииргэ барарым. Куьун оскуолабыт аьара диэн тымныйара. Ол иьин буолуо, учууталларбыт хас биир о5о харда5ас мастаах кэлэллэрин ирдииллэрэ.Онно эн ыраах-чугас олорорун оруолу оонньообот этэ. Маьа суох кэллэххинэ оьоххо иттэр кыа5ын суо5а. Ону мин суол энин кытыытыттан булан а5аларым.
Оскуола5а уерэммит сылларбын теье да ыарахаттардаа5ын иьин, олус диэн кундутук саныыбын. Перемена буолла да кыргыттардыын тутуьу туьээт, ыллыырбыт, арыт суурэн-кетен оонньуурбут. Саамай учугэйдик саныырым иккис этээскэ тахсар кирилиэс анныгар турникет бара. Онно себулээн иннинэн-кэннинэн,ойо5оьунан тахса оонньуурбут. Оскуола иьигэр суурэри боболлоро, ону учкомнар иилээн-са5алаан дьаьайаллара. Мин санаабар ол са5аттан бэйэни бэйэ салайаныыта диэннэ уерэтэллэр эбит этэ. Кыьынын колхознай интернат баара. Онно олорон эрэ уерэнэрбит. Аьара махтана саныыбын Иванов Ефим, Алексеев Адам Семеновичтаах , убайдарым, аа5арга-суруйарга эрчийэллэрэ.Хаьыаттан биир эмит ыстатыйаны аа5а иликпинэ елуу аьылыкпын биэрбэттэрэ. Инньэ гынан хата тургэнник аа5арага, суруйарга уерэппиттэригэр махтана саныыбын.
Оскуолабыт аттыгар, мин санаабар, остуоруйа5а эрэ кэпсэнэр айыл5а саамай кэрэ муннуга баарын отой умнубаппын.Труд уруогар киирэн уунээйилэри кердехпутунэ аьара астынарбыт, хаартыска5а черемуха аттыгар туьээччи да элбэх этэ. Нулевой кылаастан уон кылааьы бутэриэхпитигэр дылы араас интэриэьинэй куруьуоктарга дьарыктанан, ботаническай сады олохтоьон, тыыннаах муннукка кыьынын улэлээн, чугастаа5ы ферма5а баран ньирэй аьатан кемелеьен, саас буолла да оскуолабыт оьо5ор оттуллар мас мастааьын улэтигэр кыттан, убаастыыр учууталбыт, оскуолабыт директора Евсеев В.Н. салайааччылаах художественнай самодеятельность актыыбынай кыттыылаа5а буолан, Сунтаарга мунна силлибит о5ус келеленен киирэн куоталаьарбытын, бу бэ5эьээ курдук саныыбын.
Тапталлаах оскуолам 125 сыллаах юбилейынан сибээстээн бары уерэппит учууталларбар, техническэй улэьиттэригэр барыларыгар бар5а махталбын тиэрдиэхпин ба5арабын.Бу мин билигин специальность ылан, ер сылларга тыа сирэ сайдарыгар сыралаахтык улэлэспитим барыта кинилэр улэлэрин тумугэ дии саныыбын.Кинилэр мин сурэхпэр кыым сахпатахтара буолар, ба5ар олохпор туох да ситиьиитэ суох буолуом этэ.Бар5а махтал буоллун.
Россия орто уерэхтээьинин Бочуоттаах улэьитэ, улэ ветерана Федотова Ксения Дмитриевна, оскуола 1963 с. выпускницата.
Игнатьев Ариан Иванович
1963с оскуоланы бүтэрбитэ. Волгоградтаа5ы
ССРС ИДьМ үрдүкү следственнэй оскуолатыгар
үөрэммитэ. Кыьыл Знамя орденын кавалера.
Мин эhэм Игнатьев Ариан Иванович 1946с. кулун тутар 1 кунугэр билинни Сардана Марба5э эрдэ5инэ торообутэ. Кини билигин Дьокуускай куоракка олорор. Пенсия5а 1994 сылга тахсыбыта. Кини пенсия5а тахсан баран Республиканскай Прокуратура5а прокурорунан улэлии сылдьар.1973 сыллаахха ИДЬМ Волгоградтаа5ы урдуку следственнай оскуолатын бутэрбитэ.
Алдан оройуонугар милиция следователинэн улэлии сылдьан, 1975 сыллаахха олунньу 24 кунугэр Чульмантан 5 дьаарай бандьыыттар саалаах-сэптээх уонна 1массыынаны тутан ылан баран харах тэстэринэн айаннаан иhэр дьоннору тутар сорук турбута. Онуоха Ариан Иванов бэрээдэгэ суох сырыылаах массыынаны тутарга, турунарга соруммута. Шоферунаан кэннилэриттэн эккирэппиттэр. Бандьыыттар хас да автоматынан тибиирбиттэр. Эьэм уна илиитэ аhый гыммыт, тугу да билбэт буол6ут. Шофера ата5ар таптарбыт. Бандьыыттартан икки киhи 6ааьырбыта биллибит. Массыыналара барар кыа5ыттан тахсыбыт. Чугастаа5ы ойуурга-хайа кэтэ5эр туспуттэр СОТОРУ бириэмэннэн бандьыыттар тутуллубуттар. Эhээ Москва5а госпитальга сытта5ына, кинини Кыhыл Знамя орденынан
на5араадалыыр туЬунан ССРС Верховнай Советын Президиумун Ыйаа5а тахсыбыта. Правительство на5араадатын ИС дьыалаларыгар министрэ Генерал полковник Н.А.Щелоков туттарбыта. Ариан Иванович ССРС ИДЬМ Бочуотун кинигэтигэр киллэриллибитэ. Эhээм онорбут хорсун быhыыта, Ийэ дойду иннигэр эттин-хаанныын бэриниилээхтик сулууспалааьын ча5ылхай туоhута.Мин эhээбэр доруобуйаны уонна уЬун дьоллоох оло5у ба5арабын.
Суруйда Ариан Иванович сиэнэ Иванова Джулия
Сэтинньи 14 кунэ, 2007 сыл.